Өлүөнэ өрүс Покровскай — Табаҕа учаастагар уу таһыма үрдүүрэ күүтүллэр

Гидрологтар Өлүөнэ өрүс Покровскай — Табаҕа учаастагар уу таһыма үрдүүрүн сабаҕалыыллар. Бу туһунан Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрэр. 

«Чугастааҕы сууккаҕа Покровскай — Табаҕа учаастагар уу таһыма үрдүүрэ күүтүллэр, эбии 20-40 сантиметрга тиийэ үрдүөҕэ», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

Ону тэҥэ Покровскай — Эдьигээн учаастакка сууккаҕа уу таһыма 15-60 сантиметр үрдээбит.

Алдан өрүскэ Хаандыга — Кириэс-Халдьаайы учаастагар халаан уута үөскээн, уу таһыма 1,3-2,4 миэтэрэ үрдээбит диэн бэлиэтииллэр.

Ону таһынан Амма өрүскэ сөҥүүлэр кэнниттэн уу таһыма 1,6 миэтэрэ үрдээбит диэн Амма гидропостка бэлиэтэммит. Чугастааҕы сууккаҕа Төрүт сэлиэнньэҕэ уу таһыма үрдүүрэ күүтүллэр.