Өлөөҥҥө таба ахсаанын ааҕаллар

Өлөөҥҥө бэтэринээрдэр таба ахсаанын ааҕаллар уонна тыһыларын араараллар. Бу туһунан бэтэринээрийэ департаменын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Ааҕыы кулун тутар 20 күнүгэр диэри буолуоҕа. Сэттэ бэтэринээр үлэлиир: таба хаанын анаалыска ылар, сибиир язватын утары вакцина туруорар, үөн баарын-суоҕун бэрэбиэркэлиир. Ыстаадаҕа баар ыттар эмиэ вакцина ылаллар.