Майа олохтооҕо Варвара Трофимова сүүс сааһын сүһүөҕүн үрдүгэр көрүстэ.
Мэҥэ Хаҥалас улууһун, Майа сэлиэнньэтин Бочуоттаах олохтооҕо, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ, сэрии кыттыылааҕын огдообото, ССРС Госбаанын уонна СӨ социальнай сулууспатын туйгуна, «Мэҥэ аат» бэлиэ хаһаайката, улуус Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибит Варвара Петровна Трофимова бүгүн, от ыйын 22 күнүгэр, 100 сааһын туолла.
Сахаҕа «сүүс сааскын сүһүөҕүҥ үрдүгэр көрүс» диэн бэргэн тылларынан бүгүн улуус социальнай харалта управлениетыттан, Майа сэлиэнньэтин дьаһалтатыттан уонна Варвара Петровна оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, аймах билэ дьоно, бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрэ эҕэрдэлээн баҕа санаа бастыҥын эттилэр.
«Биир үйэлээх олоҕу олоруу диэн киһиэхэ үтүөнү баҕарыы муҥутуур чыпчаала буолар»,-диэн иһитиннэриигэ этиллэр.








