Мэҥэ Хаҥалас улууһугар өссө биир дьоҕус пиэрмэ үлэҕэ киирдэ

Улууска 3 сыллаах тыа хаһаайыстыбатын сылларын иитинэн биллэриллибит улуус баһылыгын 6 мөлүйүөннээх гранын Чыамайыкы нэһилиэгин эдэр эрчимнээх ыччата Сахаян Куприянов ылары ситиһэн, хороҕор муостааҕы дэлэтэргэ анаан, 40 төбөҕө анаммыт дьоҕус механизированнай пиэрмэни үлэҕэ киллэрдэ.

Саҥа хотон аныгы матырыйаалларынан тутулунна. Бэйэтэ үп харчы эбинэн айшир боруодалаах 10 ынаҕы атыылаһан, кыстыкка киллэрдэ. Онон, саҥа хаһаайыстыба күн бүгүн 19 төбө сүөһүлээх.