Медиктэргэ эбии төлөбүргэ 46 млрд солк көрүллүөҕэ

Коронавирустаах дьону кытта үлэлиир быраастарга бырабыыталыстыба 46 миллиард солкуобайтан тахса үбү көрүөҕэ. Бу туһунан премьер-миниистир Михаил Мишустин иһитиннэрбит.

«Бырабыыталыстыба быраастары салгыы өйүөҕэ. Онуоха 46 миллиард солкуобайтан тахса үп көрүллүөҕэ», — диэбит кини,

Санатан эттэххэ, коронавирустаабыт дьону эмтиир медицина үлэһиттэригэр эбии төлөбүр 2020 сыл муус устарыгар олоххо киирбитэ. Алтынньыттан ыйга биирдэ төлөнөр. Эбии төлөбүр кээмэйэ үлэлээбит чаһыларыттан тутулуктаах.