Үөһээ Дьааҥы улууһугар ойуур баһаарын умулларыыга МИ-8 бөртөлүөтүнэн 30 туонна уу алтата кутулунна диэн Россия ЫБММ өрөспүүбүлүкэтээҕи салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Өрөспүүбүлүкэҕэ суукка иһигэр 13 баһаар эбиллибитэ, 24 умуруоруллубута этиллэр. Нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экономика эбийиэктэригэр куттал суоһаабат. Нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабатын туһугар Россия ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин авиацията кыттыыны ылар.
«Үөһээ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Эдьигээн, Кэбээйи, Мииринэй, Муома, Орто Халыма, Томпо, Уус Майа уонна Эбээн Бытантай улуустарыгар ыксалаах быһыы-майгы эрэһиимэ оннунан хаалар», – диэн этиллэр.
Авиалесоохрана суһал көрдөрүүтүнэн Саха сирин үрдүнэн 1 320 504 гектар иэннээх 220 ойуур баһаара баар, ону тэҥэ күүскэ умайбыт сирдэр иэннэрэ 1 981,3 гектарга тэҥнэһэр.
Баһаар кэмэ саҕаланыаҕыттан региоҥҥа 572 ойуур баһаара бэлиэтэннэ.








