Миирнэйгэ байыас дьиэ кэргэттэригэр социальнай пааспар биэртэлиэхтэрэ

Миирнэй улууһугар байыас дьиэ кэргэттэригэр анал социальнай пааспардары толорон саҕалаатылар.

Тустаах докумуоҥҥа байыас аймахтарын туһунан, кыһалҕаларын туһунан суруллуоҕа.

Айхал бөһүөлэх дьаһалтата иһитиннэрбитинэн, эппиэтинэстээх исписэлиистэр хас биирдии дьиэ кэргэн анкетатын толороллор. Бу араас өйөбүллэри ыларга туһалыаҕа.