Миирнэйгэ ойуур баһаардарын умуруорууга суһал штаб тэриллиэҕэ

Ил Дархан Айсен Николаев Миирнэй оройуонугар ойуур баһаарын умуруорууга биир кэлим оперативнай штабы тэрийэргэ сорудахтаата.

Өрөспүүбүлүкэ салайааччыта Миирнэй оройуонугар уустук балаһыанньа буолбутунан, баһаары умуруорууга үлэлиир бары күүһү түмүү, салайыы наадатын ыйда. Горнайга от ыйыгар эмиэ суһал штаб тэриллибитэ.

Билиҥҥи туругунан, Миирнэйгэ уопсайа 196 тыһыынчаттан тахса га иэннээх сиргэ үс ойуур баһаара баар. Бүгүн, атырдьах ыйын 3 күнүгэр сорох нэһилиэнньэлээх пууннарга баһаар буруота билиннэ.

Арҕаа Саха сирин сиригэр-уотугар ойуур баһаардарынан мунньахха Айсен Николаев оройуон баһылыгар нэһилиэнньэни кытта уоту умуруорууга үлэ хаамыытын туһунан иһитиннэриигэ үлэни күүһүрдэргэ сорудахтаата.

Маны тэҥэ, Ил Дархан үлэ күнүн аччатыы уонна доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин үлэлэрин күүһүрдүү боппуруоһун көрөргө сүбэлээтэ. Саха сирин баһылыга өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаардарын балаһыанньата хонтуруолланарын бэлиэтээн эттэ.