«Мобильнай доктордар» Орто Халымаҕа уонна Булуҥҥа үлэлииллэр

Орто Халыма уонна Дьааҥы улуустарыгар өрөспүүбүлүкэтээҕи мобильнай биригээдэ киинин быраастара үлэлииллэр.

Ол курдук, Орто Халыма улууһугар быраастар сэтинньи 14 күнүгэр диэри Өлөөкө Күөл, Арҕахтаах, Березовка, Сыбаатай, Хатыҥннаах, Эбээх нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна Орто Халыма куоракка үлэлиэхтэрэ. Атын биригээдэ сэтинньи 20 күнүттэн Булуҥ оройуонугар үлэлиир.