«Мой бизнес» киин «Улахан дьиэ кэргэҥҥэ – кыра бизнес» диэн үөрэтэр бырагыраамаҕа ыҥырар

Бу бырайыак Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээбит «Көдьүүстээх экэниэмикэ» национальнай барыл чэрчитинэн олоххо киирэр уонна Саха сирин элбэх оҕолоох ыалларын өйүүргэ туһуланар.

Бырагыраамаҕа кыттыыга сайаапканы бэс ыйын 23 күнүгэр диэри биэриэххэ сөп. Онуоха кыттааччылары биэс күннээх урбаан үөрүйэхтэрин сайыннарар дьарыктар күүтэллэр. Ону кытта эспиэрдэртэн сүбэ-ама, бөдөҥ тээрилтэлэргэ сылдьан үлэни-хамнаһы билсии, уонна биллэн турар бэйэ бизнес бырайыагын оҥорон таһаарыы.

Бастыҥ бизнес-идея ааптара бэйэ дьыалатын саҕалыырыгар уонна сайыннарарыгар 150 тыһыынча солкуобай суумалаах граны ылыаҕа.