Муома улууһун 5 сэлиэнньэтэ түргэн тэтимнээх интэриниэккэ холбонуоҕа

СӨ Инновацияҕа, сыыппара сайдыытыгар уонна инфокоммуникация технологиятын миниистир Пётр Николаев уонна Муома улууһун баһылыга Дмитрий Аммосов оройуон цифровой инфраструктуратыгар анаммыт оробуочай көрсүһүүнү ыыттылар.

Улуус баһылыга «Халыма» федеральнай трассаны сотовай сибээһинэн хааччыйар туһунан боппуруоһу туруорда. Ону тэҥэ социальнай эбийиэктэр интэриниэккэ холбонуутун уонна хаалбыт нэһилиэнньэлээх пууннары 4G сибээһинэн хааччыйыытын туһунан кэпсэттилэр. Бүгүҥҥү күҥҥэ «T2» («Ростелеком») хампаанньа 4G сибээһэ Хонуу, Буор Сыһыы уонна Чуумпу Кытыл сэлиэнньэлэригэр үлэлиир.

«Синергия Арктики» бырайыагынан түргэн тэтимнээх интэриниэккэ эбии биэс сэлиэнньэ холбоноро былааннанар. Суон Тиит сэлиэнньэтэ — 2027 сыл бүтүөр диэри, оттон Хонуу, Буор Сыһыы, Соболоох уонна Саһыыр —  2028 сыл бүтүөр диэри.

Пётр Николаев бэлиэтээбитинэн, Арктика оройуоннарын аныгы цифровой сервистэринэн хааччыйыы — өрөспүүбүлүкэ биир тутаах соруга.

Муома улууһун баһылыга бырайыактар олохтоох нэһилиэнньэҕэ улахан суолталаахтарын бэлиэтээтэ.