Намҥа «Кыайыы тиэргэннэрэ» бырайыак көхтөөхтүк ыытыллар

Нам улууһугар Улуу Кыайыыга туһуламмыт үлэҕэ бары нэһилиэктэр кытталлар. Олортон биирдэстэрэ Никольскайга «Кыайыы тиэргэннэрэ» бырайыак буолар.

Олохтоохтор уһаайбаларын киэргэтэн-симээн, аалай кыһыл былаахтар, баннердар, хаартыскалар Улуу Кыайыыны уруйдуу тураллар.

Дьон норуот кутурҕана, үөрүүтэ-көтүүтэ тосхойбут сирин, Албан ааттаахтары үйэтитэр сквер тупсарыллыбыта. Манна сынньанан олоро түһэргэ беседка, тротуар, оҕо оонньуур-сүүрэр былаһаакката оҥоһуллубута.

Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр Никольскайтан нэһилиэк эр дьонун аҥара дойдуну көмүскүү барбыта. Кинилэр ааттара-суоллара Кыайыы искибиэригэр үйэтитиллэн турар.

«Кыайыы тиэргэннэрэ» күрэх 3 түһүмэхтээх. Уопсай түмүк аны күһүн тахсыаҕа. Бу төрүт олохтоох дьон сыдьааннара Дьяконовтар аҕа уус көҕүлээбит бачыымнара буолар.