Нам киинигэр өссө биир саҥа дьиэ баар буолла

«Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү» бырагыраамаҕа сигэнэн тутааччылар эргэ дьиэни көтүрэн саҥа дьиэнэн солбуйдулар. 

Онон, олохтоохтор олорор оройуоммутуттан тэйбэтибит диэн үөрэллэр. Манна алта ыал киирдэ. Саҥа хаһаайыттар уулаах-хаардаах сылаас дьиэҕэ тута көһөр былааннаахтар.