Нам Модутугар дьоҕус паарка үөрүүлээх арыллыыта буолла

Дьоҕус паарканы Саха сиригэр «Уһук Илин тиэргэннэрин тупсаран оҥоруу» бырайыак иитинэн олоххо киллэрдилэр.

«Билигин тыа сирин олохтоохторо сынньанар уонна кэпсэтэр сирдээхтэр. Барыта дьон туһугар! Саҥа тэриллибит эйгэ сааһыттан тутулуга суох дьон-сэргэ сөбүлүүр сирэ буолуо диэн эрэнэбит», — диэн Ил Дархан Нам олохтоохторун эҕэрдэлээтэ.

Дьоҕус паарка сэлиэнньэ киинигэр элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэ уонна эдэр исписэлиистэр муниципальнай дьиэлэрин таһыгар баар. Барытын олохтоохтор баҕа санааларын, этиилэрин учуоттаан оҥорбуттар. Маны таһынан былаһааккаҕа агро хайысхалаах оскуола оҕуруота былааннанар.