Наталья Кашперская «Якутия – Земля героев» курсаннарын ситиһиилэрин туһунан

«Якутия – Земля героев» бырагыраама куратора Наталья Кашперская курсаннары биэс сыл кэнниттэн хайдах буолалларын көрөрүн кэпсээтэ. Сүрүн түмүк — өрөспүүбүлүкэни саҥа ситиһиилэргэ илдьэр түмсүүлээх хамаанда — оҥоһуллан эрэрин бэлиэтээтэ.

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин быһаарыныытынан «Время героев» федеральнай бырагыраама олоххо киирэр. Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээбит «Якутия – Земля героев» каадыр бырагыраамата үлэлиир. Бырайыак СВО кыттыылаахтарын бары өттүттэн өйүүр хайысхалаах.