Саха сиригэр 2 033,5 га иэннээх 16 ойуур баһаара умайар. Мантан 1200 га иэннээх 5 уоту төгүрүйдүлэр. Баһаары умуруорууга 250 киһи үлэлиир. Бу туһунан СӨ экологияҕа миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.
Ону таһынан, үлэҕэ 16 тиэхиньикэ кыттар. Үөһэттэн балаһыанньаны кэтээн көрүүгэ 11 салгын суудуната үлэлээтэ,
Ааспыт сууккаҕа 13,7 га иэннээх 7 уоту Эдьигээн, Кэбээйи, Уус Алдан, Уус Маайа, Эбээн Бытантай улуустарыгар буллулар.
Уус Алдан, Өймөкөөн, Лиэнскэй, Кэбээйи оройуоннарыгар 238,7 га иэннээх 4 ойуур баһаарын умуруордулар.
Ойуур баһаардарын суһаллык умуруоруу 95%-ҥа тэҥнэһэр.
Ураты баһаарынай эрэһиим үлэтэ Кэбээйи, Лиэнскэй, Муома, Орто Халыма, Таатта, Эбээн Бытантай оройуоннарыгар салҕанарын Андрей Коноплев санатта.








