Олимпиада-2026: Петросян кылгас бырагыраама түмүгүнэн 5 иһигэр киирдэ

2026 сыллааҕы Олимпийскай оонньууларга фигурнай хаҥкылааһыҥҥа дьахталларга кылгас бырагыраама түмүгүнэн Россия хаҥкыһыта Аделия Петросян бэһис миэстэ буолла.

Кини прокатын судьуйалар 72,89 баалынан сыаналаатылар.

Дьоппуон бэрэстэбиитэлэ Ами Накаи тройной аксель оҥорон бастакы миэстэ буолла (78,71 бааллаах). Иккис өссө эмиэ биир Дьоппуон кыыһа Каори Сакамотоҕа тигистэ (77,23 бааллаах). Үһүс миэстэни Америка спортсмена Алиса Лью ылла (76,59 бааллаах).

Фигурнай хаҥкылааһыҥҥа дьахталларга кылгас бырагыраама олунньу 20 күнүгэр буолуоҕа. Күрэхтэһии Дьокуускай бириэмэтинн 03:00 чаастан саҕаланыаҕа.