«Олох үөһүгэр»: Буойун бэйээт – Иннокентий Артамонов (01.04.25)

Саха сирин суруйааччылара улахан хаан тохтуулаах Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыттан, Кыайыыны түстэспиттэрэ. Кинилэр бар дьоннорун талабырдьыттары утары охсуһууга хоһоон, ырыа кынаттаах тылларынан эмиэ ыҥырбыттара.

Сэриигэ сылдьыбыт, өлөр өлүүнү утары көрбүт, эрэйи кыһалҕаны көрсүбүт фронтовик бэйээттэри ахтан-санаан ааһарбыт сиэрдээх. Буойун бэйээттэр Иннокентий Эртюков, Иннокентий Артамонов, Алексей Бродников, Архип Абаҕыыныскай, Дьуон Дьаҥалы, Степан Тимофеев саллаат киһи тыҥааһыннаах дьылҕатын тэҥҥэ үллэстибиттэрэ.    

Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, саха биллиилээх бэйээтэ Иннокентий Артамонов эдэр сааһыттан төрөөбүт норуотугар истиҥник биһирэммит, уос номоҕо буолбут чулуу айымньылары суруйбута. Сүүстэн тахса хоһооно ырыа буолан, нотаҕа суруллан, киэҥ-нэлэмэн Сахабыт сирин үрдүнэн ылламмыттара.

Аны биир ыйынан Дойду үрдүнэн Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтээри олоробут.  «Олох үөһүгэр» биэриини Уус Алдан улууһун Арыылаах түөлбэтин, Артамаан алааһыттан сырдык сулус буолан өрө кыырайан үрдүккэ көппүт «Буойун бэйээт – Иннокентий Артамонов» диэн ааттаан ыыттыбыт.

https://youtu.be/v1oR3bg0Plc