Орто Ботуобуйатааҕы ньиэп-гаас хостуур сиргэ баһаар буолла

Миирнэй оройуонун Таас Үрэх сэлиэнньэтигэр Орто Ботуобуйатааҕы ньиэп-гаас хостуур сиргэ баһаар буолла. Бу туһунан регионнааҕы ЫБММ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Ахсынньы 21 күнүгэр олохтоох бириэмэнэн 5.40 чааска тимир вагоҥҥа баһаар буолбут. 

«Бастакы баһаарынай кэлиитигэр аһаҕас уот көстөрө. Баһаар түмүгэр yопсайа 20 квадратнай миэтэрэ иэннээх вагон иһэ эмсэҕэлээтэ», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

Баһаар биричиинэтэ уот ситимиттэн буолуон сөп. Буруйдаах уонна хоромньу быһаарыллар.

Баһаары умуруорууга уон киһи уонна биир тиэхиньикэ үлэлээтэ.