«Орто Дойду» зоопарката Колымана уонна Ломоносов оҕолорун видеотын көрдөрдө

Колымана уонна Ломоносов үрүҥ эһэлэр оҕолорун видеота «Орто Дойду» зоопарката Instagram социальнай ситимҥэ таһаарда.

«Үрүҥ эһэлэр оҕолоро биллэ улааппыт, харахатарын аспыт, бүүс бүтүннүү үрүҥ нуолаҕай түүннэн бүрүллүбүт, күн-түүн ахсын көҕө элбээн иһэр. Колымана утуйбат кэмигэр тохтоло суох оҕотун аһатар уонна көрөр-харайар», — диэн этиллэр.

Зоорпарка үлэһиттэрэ бэлиэтииллэринэн, эһэ оҕото билигин ийэтин кытта арҕахтан тахсыбат. Үрүҥ эһэлэр күн улахан аҥарын устата утуйан күүс-сэниэ ылыналлар, саас олохторун саҥа кэрдииһэ саҕаланыаҕа.

Инники этиллибитинэн, 2019 сыл ахсынньытыгар Колымана уонна Ломоносов үрүҥ эһэлэр оҕоломмуттара. Барыллаан быһыытынан атыыр буолара сабаҕаланар.

Үрүҥ эһэ оҕотун 2020 сыл муус устар ыйыгар киэҥ көрүүгэ таһаараллара былааннанар.