От ыйын 8 күнэ — Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу күнэ

Аан дойдуга
Дьиэ кэргэн күнүнэн,
Дьиэ кэргэн – норуот кэскилэ,
Үс саханы үөскэтиҥ, төрүт саханы төрүттээҥ.
Сайаҕас санаалаах,
Бигэ туруктаах,
Чэбдик олохтоох,
Айыы сиэрдээх,
Айар алыптаах
Дьиэ кэргэн үксээтин.
Көмүс ньээкэ уйаҕыт
Сылааһынан илгийдин,
Таптал сырдык иэйиитинэн
Оҕо туруктаах уйулҕатын биһигэ буолуохтун,
Сандалыгыт баай байылыат буоллун,
Дьол-соргу тосхойдун