ПСБ баан уонна Саха cирэ туризм итиэннэ култуура сайдыытыгар бииргэ үлэлэһиэхтэрэ

Петербургтааҕы норуоттар икки ардыларынааҕы экономическай форумҥа баан бэрэссэдээтэлэ Петр Фрадков уонна Ил Дархан Айсен Николаев бииргэ үлэлэһиигэ сөбүлэҥ түһэристилэр.

Тустаах докумуон регион социальнай экономическай сайдыытыгар туһуланар. Чуолаан туризмы уонна култуураны сайыннарыы нөҥүө. Онон Саха сирин баай култуурунай нэһилиэстибэтин тарҕатыы, туризм инфраструктуратын тупсарыы, саҥа инвестицияны киллэрии ситиһиллиэхтээх.

Онуоха докумуон норуоттар сомоҕолоһууларын сылыгар баттаныыта өссө дириҥ суолталаах.