Путин: Уһук илиҥҥэ үрдүк хамнастаах үлэ миэстэтин таһаарыахха наада

РФ бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Уһук Илин регионнарын сайыннарыыга уонна дьон көһүүтүн тохтотууга аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир усулуобуйаны уонна үрдүк хамнастаах интэриэһинэй үлэ миэстэтин тэрийэр наадатын эттэ.

«Социальнай эйгэни сайыннарар наада — үөрэх кыһаларын сайыннаран, оскуола, уһуйаан тутан. Олорорго интэриэһинэй уонна табыгастаах буолуохтаах», — диэтэ кини.

Холобур быһыытынан Владивостокка баар «Звезда» устар ааллары тутар комплекс туһунан кэпсээтэ.

«Дьон манна үлэлээри дойду Европейскай өттүттэн тиийэллэр. Тоҕо диэтэр, онно хамнаһа үрдүк уонна үлэтэ интэриэһинэй. Атын хайысхаларга эмиэ маннык үлэ барыахтаах», — диэтэ Путин.