Россияҕа Дьиэ кэргэн Саха сиригэр Оҕо-аймах сылынан Дьокуускайга өрөспүүбүлүкэ үлэһит дьахталларын форума ыытыллар.
Тэрээһиҥҥэ улуустан 200-тэн тахса киһи кыттыыны ылар. Форум иитинэн үс былаһаакка тэриллибит: «Социальнай өйөбүл», «Доруобай дьахтар – доруобай омук», «Дьиэ кэргэн бигэ туруга – судаарыстыба сайдыытын төрүөтэ».
Форумҥа «Дьахтар бырааба», «Үлэлиир дьахтар быраабын туһунан сокуоннар», «Саха сирин дьахталларын доруобуйата», «Дьиэ кэргэн сыла: дьиэ кэргэни, ийэ, аҕа буолууну, ыал үгэс буолбут сыаннастарын харыстааһын эйгэтигэр судаарыстыбаннай бырагыраама» уонна «Өрөспүүбүлүкэҕэ дьахтар дьарыктаах буолуутугар көмөлөһүү» боппуруостарга дьүүллэстилэр.
Өрөспүүбүлүкэ салалтатын аатыттан кыттааччылары СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Георгий Степанов эҕэрдэлээтэ.
«Дьиэ кэргэн политиката, демография барыта дьахтар нарын санныгар тутуллар. Дьиэ кэргэн, ийэ уонна оҕо, итиэннэ ыал үгэһин сыаннастарыгар болҕомто ууран Россия бэрэсидьиэнэ Владимир Путин 2024 сылы дьиэ кэргэн, оттон Саха сиригэр Ил Дархан Айсен Николаев Оҕо-аймах сылынан биллэрдилэр», — диэтэ Георгий Степанов.








