Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһатын улахан дьоҥҥо хирургия салаата саҥа комбайн тутта. Бу туһунан балыыһа пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Нидерландаҕа оҥоһуллубут 10 мөлүйүөн солкуобай сыаналаах EVA систиэмэлээх саҥа хирургическэй оборудование ханыыта суох.
«Саҥа оборудование көмөтүнэн эппэрээссийэ түргэтээтэ. Катарактаны аны 5-7 мүнүүтэ иһигэр ылыахха сөп буолла. Сетчатка эппэрээссийэтэ икки чаас оннугар биир чаас оҥоһуллар буолла», — диэн этиллэр.
Эккэ-сииҥҥэ кыра орооһуулаах хирургическэй эппэрээссийэ тахсыан сөптөөх кутталы уонна уустугурдууну аччатар, чөлүгэр түһүүнү түргэтэтэр. Ыарыһах балыыһаҕа ортотунан биир эрэ күн сытар.
Маннык ньыма хараҕы оһоллооһун уонна өлөрүү түгэнигэр эмиэ туттуллар. Үрдүк технологиялааҕа уонна бары саастаах ыарыһахтарга барсара бэлиэтэнэр.








