Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалынан 1,2 тыһ.-тан тахса дьиэ кэргэн туһаммыт

Сыл саҕаланыаҕыттан өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалынан 1,2 тыһ-тан тахса дьиэ кэргэн туһаммыт.

Балаҕан ыйын 1 күнүнээҕи туругунан иккис оҕоҕо 226,7 мөл. солк. суумалаах ийэ хапытаалынан уопсайа 1223 ыал туһаммыт.

Санатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын кээмэйэ 189 114 солкуобайга тэҥ. Оттон 2020 сыл тохсунньу 1 күнүн кэнниттэн 249 907 солкуобай буолбута.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаала иккис, эбэтэр салгыы күн сирин көрбүт (иитиэх) оҕолордоох ыалга ананар.