Россияҕа бастакы кыһыл көмүс мэтээли Виталина Бацарашкина аҕалла

Россия спортсмена Виталина Бацарашкина Токиоҕа ыытыллар Олимпийскай оонньууларга пневматическай бэстилиэтинэн уон миэтэрэҕэ ытыыга кыһыл көмүс мэтээли ылла. Бу туһунан ТАСС иһитиннэрэр.

Кини 240,3 очкуону ылан олимпийский рекорду олохтоото. Иккис миэстэ 239,4 очкуолаах Болгарияттан Антоанета Костадинова буолла. Боруонса мэтээли 218,0 очкуолаах Кытай спортсмена Цзян Жаньсинь ылла. Россия өссө биир спортсмена Маргарита Черноусова 35 миэстэҕэ тиксэн, финалга киирбэтэ.