Россияҕа МРОТ кээмэйэ 19 242 солкуобайга диэри үрдээбит

Саҥа сылга үлэ төлөбүрүн алын кээмэйэ үс тыһыынчанан үрдээбит, ол эбэтэр 18,5%-нан. Онон дойду 4,8 мөлүйүөн кэриҥэ үлэһитин хамнаһа үрдүүрэ күүтүллэр.

Ону тэҥэ Россияҕа тиийинэн олоруу алын кээмэйэ уопсайа 15 453 солкуобайга тэҥнэһиэ, нэһилиэнньэ үлэлиир араҥатыгар — 16 844 солкуобай, биэнсийэлээхтэргэ — 13 290, оҕолорго — 14 989 солкуобай.