Россия былааҕа суох 2025 сыллаахха бэриллибит нүөмэрдээх массыынаны ыытыы ыстараапка тиэрдиэҕэ

2025 сыл тохсунньу ыйын 1 күнүттэн бэриллибит нүөмэрдэр былаах ойуулаах буолуохтаахтар.

Саҥа нүөмэрдээх, ол эрээри онно былааҕа суох буоллаҕына, сөбө суох нүөмэрдээх массыынанан айаннааһынынан ааҕыллыаҕа уонна 500 солкуобай ыстараапка тиэрдиэҕэ.

Бу быраабыла төттөрү дьайыыта суох. 2025 сыл иннинэ бэриллибит нүөмэрдэр дьиҥнээх буолаллар, уонна былааҕа суох сылдьыахтарын сөп.