Сөмөлүөт сырыыта тохтообутун кэннэ Саха сиригэр 72 киһи кэлбит

Тас дойдуга сырыы тохтообутун кэннэ, Саха сиригэр 72 киһи кэлбит. Бу туһунан Ил Дархан уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Билигин кыраныысса таһыгар хаайтарбыт Саха сирин олохтоохторун анал рейсэҕэ киллэрии үлэтэ ыытыллар», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр. Ыам ыйын 16 күнүнээҕи туругунан, Саха сириттэн саамай элбэх киһи Таилаҥҥа, Турцияҕа уонна Киргизияҕа бааллар.