Үс оройуоҥҥа саҥа баһылыгы таллылар

Амма, Сунтаар уонна Хаҥалас оройуоннарын баһылыктарын балаҕан ыйын 13 күнүгэр таллылар.

«Биир ньыгыл Россия» партия бэрэстэбиитэллэрэ үс оройуоҥҥа үһүөннэригэр кыайдылар. Хаҥаласка Олег Иринеев, Сунтаарга Анатолий Григорьев, Аммаҕа Николай Архипов», — диэн телеграм-ханаалыгар вице-премьер Ольга Балабкина суруйбут.

Ону кытта 103 нэһилиэк уонна 4 нэһилиэк бэрэстэбиитэллээх уорганын дьокутааттара талылыннылар. Манна 88,79% эмиэ «Биир ньыгыл Россия» партия чилиэннэрэ кыайдылар. «Справедливая Россия» партия дьоно сэттэ нэһилиэккэ кыайбыттар. Дьокуускай куорат дууматын Киин уокуругун дьокутаатынан Лена Афанасьева талылынна.