СӨ суһал штаб Үөһээ Бүлүүгэ ойуур баһаардарын умуруорууга эбии күүһү ыытар

Бүгүн, от ыйын 19 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһугар ойуур баһаардарын утары охсуһарга парашютистар уонна десантниктар тиийиэхтэрэ. Бөлөх ойуур баһаардара умуруоруллубут Уус Маайа улууһуттан айанныаҕа.

Бөлөх састаабыгар Тюмень уобалаһын 50 парашютиста уонна десантнига уонна олохтоох «Авиалесоохрана» 20 үлэһитэ бааллар. 

Бүгүҥҥү күҥҥэ Үөһээ Бүлүү улууһугар 11 тыһ тахса га иэннээх 8 баһаар умайар. Икки уот бохсуллубут, билигин умуруораллар.