«Саха» НКИХ Саха сирин олохтоохторун Сайылык күнүнэн эҕэрдэлиир!

Сайыҥҥыт кэрэтик аастын, таһаарыылаах үлэлээх буоллун!

Сайылык күнүнэн!

Сырдык сыдьаай күннээх,
Самаан сайын саҕаламмытынан,
Сайаҕас эҕэрдэ,
Сахалыы уруй-туску.
Уйгу быйаҥ эҥэрдээх,
Өлгөм үүнүүлээх
Дэлэй сир астаах
Үтүө сайын буоллун,
Ийэ сир үрдүнэн
Ил-эйэ олохтоннун,
Үөрүү-көтүү үктэллээх
Үтүө кэмнэр кэллинэр,
Дьол-соргу тосхойдун!