Саха сирин офтальмологтарын биригээдэтэ ДНР атын куораттарыгар үлэлииргэ былаанныыллар, ону тэҥэ Мариупольга.
«Бу Донецкай өрөспүүбүлүкэҕэ СӨ харах балыыһатын номнуо үһүс командировката буолар. Кировскайтан киирбит сайаапкаларынан офтальмолог хирургтар үлэлии тиийдилэр. Бу күннэргэ 200-тэн тахса харахха эпэрээссийэ оҥоһулунна уонна 500 консультация ыытылынна», – диэн СӨ харах балыыһатын сүрүн бырааһа Иван Луцкан эттэ.
Саха сирин офтальмологтара Донецкай өрөспүүбүлүкэҕэ кулун тутарга диэри үлэлиэхтэрэ.
Итиэннэ, Иван Луцкан бэлиэтээбитинэн, СӨ харах балыыһата Дьокуускайга үлэтин салҕыыр.
«Биһиги мобильнай биригээдэлэрбит өрөспүүбүлүкэ улуустарынан айанныы сылдьан үлэлииллэр. Бу күннэргэ Эбээн-Бытантай улууһугар үлэлээн кэллилэр. Ону тэҥэ, билигин бырааспыт Зырянкаҕа үлэлии сылдьар. Кулун тутарга мобильнай биригээдэ Мииринэйгэ уонна бүлүү эҥэр баран үлэлиэҕэ. Балыыһабытыгар уочарат суох, үлэ былаан быһыытынан барар», – диэн Иван Луцкан эттэ.








