«Саха сирэ, иннин диэки!» куонкурус финалистара билиннилэр

Уопсайа 104 кыттааччы уустук сүүмэрдээһини ааһан «Саха сирэ, иннин диэки!» өрөспүүбүлүкэтээҕи каадыр куонкуруһун финалыгар киирдэ.

«Саха сирэ, иннин диэки!» – бу элбэх салайааччы үөһэ тахсарыгар, идэлээх үлэһит быһыытынан үүнэригэр-сайдарыгар уонна саҥа саҕахтары арыйарыгар кыах биэрэр каадыр сүрүн куонкуруһа.

Балаҕан ыйын 21-23 күннэригэр куонкурус финала буолуоҕа.

Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕынан ыытыллыбыт күрэс 25 кыайыылааҕа өрөспүүбүлүкэ салайар каадырдарыгар киирсиэхтэрин сөп.