Саха сиригэр 1 тыһ. туонна бурдук уонна 400-тэн тахса туонна саахар аҕалыахтара

«Якутоптторг» тэрилтэ нөҥүө Саха сиригэр 1 тыһ. туонна бурдук уонна 400-тэн тахса туонна саахар аҕалыахтара.

Бүгүҥҥү күҥҥэ өрөспүүбүлүкэҕэ 78 күҥҥэ тиийэр куруппа саппааһа маҕаһыыннарга баар. Кууһунан атыылыыр базаларга саппаас 145 хонукка тиийэр.

Онтон ас-үөл өттүгэр мас арыыта 73 күҥҥэ тиийэр хаһаастаах олоробут.  Кууһунан атыылааччыларга саппаас 92 хонукка тиийэр. Саахарга 66/147 хонукка тиийэр саппаас баар. Бурдук 44/129 күннээх саппаас харылла сытар диэн бэлиэтииллэр. Тимир суолунан Саха сирин туһаайыытынан 2150 вагон иһэриттэн улахан аҥара Аллараа Бэстээххэ тиксиэҕэ. Онтон станцияҕа номнуо 312 вагон кэлбититтэн 101-ин сүөкүү сылдьаллар.