Саха сиригэр 2019 сылга көмүс хостооһунун кээмэйэ Сэбиэскэй Сойуус муҥутуур көрдөрүүтүн аһарыа

Саха сиригэр 2019 сылга кыһыл көмүс хостооһунун кээмэйэ 34,7 тоннаттан тахса буолара былааннанар. Бу туһунан Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ үгэс буолбут Анал этиитигэр иһитиннэрдэ.

« «Дражное», «Рябиновое» уонна «Гросс» көмүс хостуур сирдэр бырайыактаммыт кыахтарыгар тахсыылара, Саха сирэ Россия үрдүнэн көмүс хостооһуҥҥа үс бастыҥ кэккэтигэр киирэр кыаҕын бөҕөргөтүө. Өрөспүүбүлүкэҕэ кыһыл көмүс хостооһунун бырамыысыланнаһын 95 сылыгар, 34,7 тоннаттан тахса кыһыл көмүһү хостоон, Сэбиэскэй Сойуус муҥутуур үрдүк көрдөрүүтүн аһарар былаан турар», — диэн Ил Дархан эттэ.

2019 сыл балаҕан ыйыгар Илиҥҥи экономическай форум чэрчитинэн, Кэбээйи улууһугар үрүҥ көмүһү хостуур саҥа «Вертикальное» хайаны байытар кэмбинээт үлэтин саҕалаабыта. Манна хайыы үйэ 200 киһи үлэлии сылдьар, балартан 80 %-на олохтоох нэһилиэнньэ.

Таас чоҕу хостуур тэрилтэлэр 18 миллион тонна көрдөрүүтүн аһарадылар. «2019 сылга «Соҕуруу Саха сирэ» урутаан сайдыы сиригэр «Колмар» хампаанньа үлэһиттэрин ахсаана биэс тыһыынчаҕа тиийэ улаатта, балартан 2,5 тыһыынчаттан тахсата олохтоох нэһилиэнньэ», — диэтэ Айсен Николаев.

2020 сылга хампаанньа өссө эбии икки тыһыынчаттан тахса саҥа үлэ миэстэтин арыйары былаанныыр.