Саха сиригэр 27 ойуур баһаара баар

Саха сириргэр уопсайа 899,1 га иэннээх сиргэ 27 ойуур баһаара баар. Бу туһунан Россия ЫБММ өрөспүүбүлүкэтээҕи салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Аһаҕас уот уопсай иэнэ 1,65 гаҕа тэҥнэһэр. Ааспыт сууккаҕа икки саҥа уот үөскээтэ, биэс — умуруорулунна.

«Суукка иһигэр биэс уот көрдүгэнэ умуруорулунна, уот уопсай иэнэ 27555 ганан аччаата. Управление сүрүн күүһэ нэһилиэнньэлээх пууннары харыстааһыҥҥа, ону тэҥэ уоту умуруорууга туһаныллар күүһү уонна сириэстибэлэри координациялааһыҥҥа туһаайылынна», – диэн министиэристибэ өрөспүүбүлүкэтээҕи салаатын салайааччыта Павел Гарин эттэ.

Суукка иһигэр уоту утары үлэҕэ 90 киһи уонна 42 тиэхиньикэ кыттыыны ылла.

Сөҥүү суоҕунан уонна хотугулуу-арҕааттан сөкүүндэҕэ 5-10 миэтэрэҕэ тиийэр түргэннээх тыал үрэринэн сибээстээн, Горнай, Өлүөхүмэ, Хаҥалас, Мэҥэ Хаҥалас улуустарын нэһилиэнньэлээх пууннарын уонна Дьокуускай куораты ойуур баһаарын буруота бүрүйүөн сөп.