Бэрэсидьиэн Владимир Путин ыйааҕынан Ийэ хапытаалын ылар бырааптаах үс сааһын ситэ илик оҕолоох ыалга үс ый устата эбии төлөбүр бэриллиэҕэ. Сайабылыанньаны биэнсийэ пуондатын порталыгар эбэтэр судаарыстыбаннай өҥө сайтын нөҥүө алтынньы 1 күнүгэр диэри биэриэххэ сөп.
Холобур:
Икки оҕолоох ыал: бастакы оҕо икки саастаах, иккис оҕо 2020 сыл тохсунньутугар төрөөбүт. Сайабылыанньаны муус устарга биэрбиттэр. Ый аайы муус устартан бэс ыйыгар диэри дьиэ кэргэн икки оҕотугар 10 тыһ. солк. ылыаҕа. Уопсайа 30 тыһ. солк.
Икки оҕолоох ыал: бастакы оҕо икки саастаах, иккис оҕо 2020 сыл тохсунньутугар төрөөбүт. Сайабылыанньаны балаҕан ыйыгар биэрбиттэр. 30 тыһ. солк. балаҕан ыйыгар кэлиэҕэ.
Үс оҕолоох ыал: кыра оҕо 2020 сыл тохсунньутугар төрөөбүт, улахан оҕо ыам ыйыгар 3 сааһын туолар. Сайабылыанньаны муус устарга биэрбиттэр. Муус устарга уонна бэс ыйыгар 15 тыһ. солк. ылар (үс оҕоҕо биэстии тыһ. солк.), бэс ыйыгар 10 тыһ. солк. икки оҕотугар ылар. Уопсайа үс ый иһигэр 40 тыһ. солк.
Биир оҕолоох ыал: оҕолоро 2020 сыл ыам ыйыгар төрөөбүт. Сайабылыанньаны атырдьах ыйыгар биэрбиттэр. Атырдьах ыйыгар 10 тыһ. солк. ылар.








