Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 15 ойуур баһаарын умуруордулар

СӨ бастакы вице-премьера Дмитрий Садовников иһитиннэрбитинэн, 58 сиргэ ойуур баһаарын умуруора сылдьаллар, манна 2029 киһи уонна 251 тиэхиньикэ үлэлиир. Кинилэр суукка иһигэр 17 сиргэ баһаары бохсубуттар. Ону таһынан 15 сиргэ баһаар тохтотуллубут, икки сиргэ саҥа уот күөдьүйбүт. 

Бүгүҥҥү туругунан, Саха сиригэр 1 612 249 гектар иэннээх 222 ойуур баһаара баар. Нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна уу, уот ситимин курдук наадалаах эбийиэктэргэ куттал суоһаабат. 

Бэҕэһээ, от ыйын 23 күнүгэр, ЫБММ Бе-200 икки сөмөлүөтэ Ньурбаҕа уонна Сунтаарга үлэлээбитэ, Ми-8 икки бөртөлүөт Авиалесоохрана үлэһиттэрин таһарга, авиапатрулированиеҕа сылдьыбыта. Уопсайа холбоон ЫБММ авиацията 23 рейсы оҥордо. 

Билигин Горнай улууһугар баар ойуур баһаардара сүрүн болҕомтону ирдииллэр.