Саха сиригэр ааспыт сууккаҕа 194 гектар иэннээх ойуур баһаара бохсулунна. Бу туһунан регионнааҕы экология министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар Уус Маайа, Өймөкөөн, Томпо, Ньурба, Сунтаар, Үөһээ Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас уонна Миирнэй улуустарыгар баар 24 709 гектар иэннээх тоҕус ойуур баһаарын умуруорууга үлэ ыытыллар.
Ааспыт сууккаҕа тоҕус гектар иэннээх биир ойуур баһаарын буллулар. Билиҥҥи кэмҥэ Сунтаар, Миирнэй уонна Хаҥалас улуустарыгар 6317 гектар иэннээх үс баһаар бохсулунна. Баһаары умуруорууга 1031 киһи уонна 112 тиэхиньикэ үлэлээтэ.
Ону тэҥэ айылҕа дьайыытынан уопсайа 26 гектар иэннээх икки ойуур баһаара умуруорулунна, бу иннинэ нэһилиэнньэлээх пууннарга уонна экономика эбийиэктэригэр куттал суоһаабатын иһин умуруоруу үлэтин тохтоторго быһаарыы ылыммыттара.
«Ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын уонна Саха сирин баһаартан сэрэхтээх буолуу салаатын быһаарыыларынан тохтотуллубут уопсайа 4636,0 гектар иэннээх алта баһаар баар», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.
10 килэмиэтирдээх сиргэ сэттэ ойуур баһаара баар, олорго суһал миэрэ ылыллан умуруоруу үлэтэ ыытыллар. Ньурба улууһун Маар сэлиэнньэттэн түөрт килэмиэтир сиргэ ойуур баһаара баар, Сунтаар улууһун Тумул бөһүөлэгиттэн уот 8,3 килэмиэтир тэйиччи баар, Үөһээ Бүлүү улууһун Булгунньахтаах сэлиэнньэтиттэн 9,6 килэмиэтир тэйиччи баһаар турар, Томпо улууһун Хаандыга бөһүөлэгиттэн 11,5 килэмиэтирдээх сиргэ баһаар турбут.
Ону таһынан, Өймөкөөн улууһугар баһаар аэропортан 3,1 км тэйиччи баар, Уус Маайа улууһугар Белькачи бөһүөлэгэр умайыы уһуна 9,5 килэмиэтиргэ тэҥнэһэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Бөдьөлөк нэһилиэнньэлээх пуунуттан сэттэ килэмиэтир тэйиччи ойуур баһаара баар.
Ойуур пуондатын сиригэр-уотугар уонна ООПТ сиригэр баһаартан сэрэхтээх буолуу кэмэ саҕаланыаҕыттан уопсайа холбоон 80115,14 гектар иэннээх 174 ойуур баһаара бэлиэтэммит, ол иһиттэн 36 881,1 гектар иэннээх 113 баһаарга умуруоруу дьаһаллара ылыллыбыттар, ол иһиттэн ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйатын уонна Саха сирин баһаартан сэрэхтээх буолуу салаатын быһаарыыларынан уопсайа 43 234,04 гектар иэннээх 61 ойуур баһаарын умуруоруу үлэтин тохтоппуттар.
Баһаары тохтоторго 19 салгын суднолара үлэлииллэрэ бэлиэтэннэ. 14 сөмөлүөт 16 улуус уонна Дьокуускай ойуурдарын үөһэттэн кэтиир, биэс бөртөлүөт ойуур баһаарыгар үлэлиир, дьону, аһы-үөлү таһар, бөлөхтөрү атын сиргэ быраҕар, көһөрөр.
Саха сиригэр Өймөкөөн, Сунтаар, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Томпо, Нерюнгри, Үөһээ Бүлүү, Кэбээйи, Өлүөхүмэ, Эдьигээн, Алдан, Хаҥалас уонна Амма улуустарыгар баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэһиимэ олохтонно. Ону таһынан, өрөспүүбүлүкэ сиригэр-уотугар бүтүннүүтүгэр баһаартан сэрэхтээх буолуу ураты эрэһиимин олохтоотулар.








