Саха сиригэр быйыл 40 тоннаттан тахса көмүс хостонуоҕа

Саха сирэ быйыл көмүс хостооһуҥҥа муҥутуур көрдөрүүнү ситиһиэхтээх — 40 тонна. Бу туһунан Ил Дархан Илиҥҥи экономическай форумҥа иһитиннэрдэ.

Саха сиригэр исписэлиистэр сабаҕалыылларынан быйыл 98 тонна үрүҥ көмүс, 35 мөлүйүөн тонна таас чох, 12 миллиард кубометр гаас уонна 17 мөлүйүөн тонна ньиэп хостонуоҕа.

Алтыс Илиҥҥи экономическай форум Владивостокка балаҕан ыйын 2-4 күннэригэр буола турар.