Саха сиригэр дьоҕус уонна орто урбаан эйгэтигэр 120 тыһ. тахса киһи үлэлиир

Өрөспүүбүлүкэҕэ дьоҕус уонна орто урбаан эйгэтигэр 120 тыһ. тахса киһи үлэлиир.

Бу туһунан Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев Россияҕа урбаан күнүнэн эҕэрдэтигэр биллэрдэ.

«Дьоҕус уонна орто урбаан эйгэтигэр 121 тыһ. тахса киһи баар. Бу биир мөлүйүөнтэн аҕыйах ахсааннаах киһилээх региоҥҥа үчүгэй көрдөрүү. Коронавирус хааччаҕынан урбаанньыт ахсаана аҕыйаабатах», — диэтэ Ил Дархан.

Айсен Сергеевич этэринэн, Россияҕа орто уонна дьоҕус урбаан былаас уорганнарын кытта бииргэ үлэлэһии көмөтүнэн сайдар. Судаарыстыба өттүттэн барыларыгар көмө оҥоһуллар, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ эбии льготалар, субсидиялар көрүллэллэр.

«Бэрэсидьиэммит Владимир Путин урбааны эйгэтин өйүүргэ харчынан, араас льготанан, преференцияларынан көмөлөһөр. Саха сиригэр урбаанньыттар уустук кэмҥэ чиэһинэ үлэлииллэр. Бу биһиги санкция кэмигэр сайдар кыахтаахпытын көрдөрөр», — диэтэ Николаев.