Саха сиригэр фашизмы утары форум буолуоҕа

Өрөспүүбүлүкэҕэ фашизмы утары аан бастакы форум ахсынньы 8 күнүгэр буолуоҕа.

Форум кыттыылаахтара Сэбиэскэй сойуус дьоруойа Федор Охлопков пааматынньыгар сибэккэ дьөрбөтүн ууруохтара уонна үөрэх кыһаларыгар байыаннай дьайыы бэтэрээннэрин кытта «Диалоги на равных» уруоктар буолуохтара.

Тэрээһин Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн ыытыллар.