Саха сиригэр «Мухтуя» айан суолугар 100 кэриҥэ км-дээх кэрчиги өрөмүөннүөхтэрэ

Ил Дархан Айсен Николаев Быһа биэрии кэмигэр «Мухтуя» айан суолун өрөмүөнэ кытаанах хонтуруолга сылдьарын бэлиэтээтэ. Күн бүгүн сорох хайысхаларга үлэ бара турар.

«Лиэнскэй уонна Мииринэй икки арыдыгар 135 км тахса уһуннаах «Мухтуя» айан суола Россия үрдүнэн тыын суолталаах трасса буолар. Айан суолугар 100 кэриҥэ км-дээх кэрчиккэ өрөмүөн ыытыллара былааннанар», – диэн Айсен Николаев чуолкайдаата.

Хаартыска: sakha.gov.ru