Саха сиригэр уопсайа 198 ойуур баһаара бэлиэтэнэр

От ыйын 1 күнүнээҕи көрдөрүүнэн өрөспүүбүлүкэҕэ уопсайа 1 414 307 гектар сирдээх 198 ойуур баһаара умайарын туһунан Саха сиринээҕи ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

«Уустук балаһыанньалаах Абый, Үөһээ Халыма, Үөһээ Дьааҥы, Эдьигээн, Кэбээйи, Мииринэй, Уус-Майа, Орто Халыма, Томпо уонна Эбээн-Бытантай улуустарыгар уопсайа 162 ойуур баһаара турар» — диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи ыксаллаах быһыы-майгы тэрилтэтин салайааччыта Павел Гарин бэлиэтиир.

Ааспыт сууккаҕа 49 ойуур баһаара бэлиэтэннэ, 22 уоту умуруордулар. Дьон олорор сирдэригэр куттал суоһаабат.

Баһаар кэмэ туруоҕуттан, уопсайа Саха сиригэр 489 уот турбута биллэр.