Саха сирин боксердара Россия бастыыр иһин күрэхтэһитигэр кыттарга путевка ыллылар

Саха сирин боксердара УИУо бастыыр иһин күрэхтэһиитигэр дойду күрэхтэһиитигэр, үөрэнээччилэр спартакиадаларыгар кыттар путевканы ыллылар. Бу туһунан «Спорт Якутии» иһитиннэрэр.

«Павел Васильев (48 киилэҕэ), Ренат Захаров (51 киилэҕэ) уонна Валерий Кудрявцев (92 киилэттэн үөһэ) кыайыылааҕынан таҕыстылар. Кинилэр ыам ыйыгар Суздалга ыытыллар Россия бастыыр иһин күрэхтэһиитигэр, сайыҥҥы үөрэнээччилэр спартакиадаларыгар өрөспүүбүлүкэ чиэһин көмүскүөхтэрэ», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

Үрүҥ көмүс мэтээли Максим Артамонов (57 киилэҕэ), Леон Никифоров (60 киилэҕэ) уонна Мирлан Сосин (86 киилэҕэ) ыллылар. Максим Радченко (75 киилэҕэ) уонна Сергей Столяров (80 киилэҕэ) боруонса мэтээлинэн наҕараадаланнылар.

Уопсайга Саха сирэ иккис миэстэ буолла, бастакы миэстэ Приморскай кыраай.