Бүгүн Хатаска Охлопковтар дьиэ кэргэҥҥэ гаас киирдэ диэн Ил Дархан Айсен Николаев бэйэтин MAX ханаалыгар иһитиннэрдэ.
«Бу биир дьиэ кэргэн олоҕор саҥа сүүрээн киириитэ эрэ буолбатах — өрөспүүбүлүкэҕэ барытыгар инникигэ хардыы буолар. Бу түмүгү Сахабыт сирин олоҕун-дьаһаҕын тупсарар, сылаас оҥорор сыалтан тыһыынчанан киһи хас эмит сыл үлэлээн ситистэ», — диэн өрөспүүбүлүкэ баһылыга эттэ.
Охлопковтар дьиэ кэргэн социальнай гаастааһын бырагырааматын туһунан билэр дьонноруттан истибиттэр. «Сахатранснефтегазка» сайабылыанньа суруйан туттарбыттар уонна номнуо аҕыйах ый кэнниттэн дьиэлэрин гааска холбуур кыахтаммыттар. Элбэх оҕолордоох ыал быһыытынан федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагыраамаларынан өйөбүл ыллылар.
«Вадим Дмитриевич бу көмө суоҕа буоллар гааһы холботор олус уустук буолуо этэ диэн кэпсээтэ уонна дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин көҕүлээһинэ үлэлииригэр, кинилэргэ кыах биэрбитигэр махтанна», — диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ.
Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр номнуо 10 000 дьиэ кэргэн социальнай гаастааһын бырагырааматынан туһанна.
«Инникибитигэр өссө тыһыынчанан дьиэҕэ сылаас киириэҕэ. Бу үлэбитин Сахабыт сирин хас биирдии дьиэтигэр олорорго сөптөөх, табыгастаах буоларыгар анаан салгыы оҥоруохпут», — диэн Ил Дархан суруйар.








