Саха сирин кэккэ оройуоннарыгар күүстээх тыал түһэрин сылыктыыллар

Күнү-дьылы кэтээн көрөөччүлэр, ыам ыйын 16 күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ биэс оройуонугар күүстээх түһэрин сылыктыыллар. Бу туһунан Саха сиринээҕи УГМС иһитиннэрэр.

Усуйаанаҕа, Үөһээ Дьааҥыга, Муомаҕа, Өймөкөөҥҥө, Нерюнгригэ (сорох сиринэн) сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэ түргэннээх тыал түһүөҕэ.

Дьокуускайга, ыам ыйын 16 күнүгэр, түүн кылгас кэмнээх ардах түһэрэ күүтүллэр, күнүһүн ардахтыаҕа, тыал хоту диэкиттэн сөкүүндэҕэ 5-10 миэтэрэ түргэннээх буолуоҕа.