Саха сирин оройуоннарыгар тыа баһаарыттан буруо тарҕаныа

Тыа баһаарыттан  өрөспүүбүлүкэ алта оройуонугар буруо тарҕаныан сөп. Бу туһунан ЫБМ министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

«Сөҥүү суоҕунан уонна сөкүүндэҕэ 5-10 миэтэрэ түргэннээх соҕуруулуу, соҕуруулуу-илиҥҥи тыалтан Үөһээ Дьааҥы, Томпо, Орто Халыма, Абый, Таатта уонна Муома оройуоннарын  23 нэһилиэгэр буруо тарҕаныан сөп», — диэн иһитиннэриигэ этиллэр.

Салалта иһитиннэрэринэн баһаар иэнэ 1264,8 га -нан аччаабыт. Ыарахан балаһыанньалаах Үөһээ Дьааҥы, Уус-Майа, Орто Халыма, Таатта, Уус-Алдан уонна Томпо оройуоннарыгар 55 баһаар баара бэлиэтэммит.